Александр Атласов: “Дьон дохуоттаах буоларыгар усулуобуйа тэриллиэхтээх”
Чаҕылхай талаан Чаҕылҕан тыыннааҕа буоллар, Нам улууһун билиҥҥитин туһунан төһө эрэ хоһуйар этэ. Бэйэтин кэмигэр суруйан хаалларбыт “Намҥа” хоһооно бүгүҥҥү Эҥсиэли хочотун ойуулуурга дылы. Нам улууһа сайдар, үүнэр. Биирдэ циркэҕэ биир дойдулаахтарым, наахаралар, кэнсиэрдэрэ буолла. Онно, оччолорго СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр үлэлии сылдьар, билигин Нам улууһун баһылыга Александр Атласов кэргэнинээн бааллара. “Эн Наахара буолбатах эрээри, кэлбит эбиккин дии”, — диэн олуона баҕайытык киниттэн ыйытан турабын. Онуоха Александр Павлович: “Дьон хайдах тэринэн олорорун көрөөрүбүн-билээрибин”, — диэн судургутук хоруйдаабыта. Ол кэннэ «Сахамедиа» холдинг «Улуус олоҕо» бырайыагын чэрчитинэн кинини кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэстим. Бу санаатахпына, кини баһылык буоларга эрдэттэн бэлэмнэммит курдук. — Александр Павлович, Нам улууһун аҕа баһылыга үлэтин күнэ хайдах саҕаланарый? — Киһи, бастатан туран, олох олороругар дьиэлээх буолуохтаах. Тус бэйэтин алаһата уонна үлэлиир сирэ. Оччоҕуна эрэ дьиэ кэргэнэ туруктаах, оҥорон-тутан таһаарыыта ордук ситиһиилээх буолар. Кэнники кэмҥэ урукку тутуулар эргэрбиттэрин учуоттаан, федерация уонна өрөспүүбүлүкэ таһымнаах бырагыраамалар үлэлиир буолбуттара, ордук тыа сирин олохтоохторугар, олус туһалаата. Онон, мин баһылык быһыытынан тутулла турар,саҥа үлэҕэ киириэхтээх эбийиэктэргэ болҕомтобун хатыыбын. Күннээҕи былааммын онтон саҕалыыбын. Туох кыаллыбакка турарын биллэхпинэ эрэ табыллар курдук. Оччотугар быһаарыы чуолкай уонна суолтата дириҥ буолар. Нэһилиэктэри кэрийэн олоҕу-дьаһаҕы билсии эмиэ күннээҕи бэбиэскэбиттэн түспэт. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын кытта сылын аайы бииргэ үлэлээһиҥҥэ Сөбүлэҥ түһэрсэн экономика көрдөрүүлэрэ тупсарыгар үлэлиибит. Онно олоҕуран 23 муниципальнай бырагырама үлэлиир. Тыа хаһаайыстыбатын улууһа буоларбыт быһыытынан, бюджеппыт сүрүн чааһа итиннэ ананар, ити сылга быһа холоон 20 мөл.солк. тэҥ. Билигин хотоннор, кластердар тутуллан, дьон түбүктээх үлэтин бастакы түһүмэхтэрин көрөн эрэбит. Грант бырагыраамаларыгар кыттыы олус элбээтэ. 2016 сылга саҥа саҕалыыр 25 фермер уонна 4 уруккуттан үлэлээччилэр харчынан өйөбүлү ыллылар. Коммерческайа суох тэрилтэлэр эмиэ да хас да граннаахтар. Нэһилиэнньэ көхтөөх. — Олохтоохтор ордук тугу туруорсалларый? — Син-биир дьиэ-уот боппуруоһа сытыытык турар. Кырдьаҕаһыттан эдэриттэн тутулуга суох. Төһө кыалларынан улуус хас биирдии олохтооҕун санаатын бигэтик өйдүүргэ, икки өттүттэн үлэлэһэргэ дьулуһабыт. Кыһалҕа баар, ол аата быһаарыллыахтаах. Хайдах да буолбутун иһин эппиэт хайаан да баар буолуохтаах дии саныыбын. Бэтэрээннэрбитигэр, кыамматтарбытыгар “Харысхал” диэн бырагыраамалаахпыт. Онно олоҕуран көмөлөһөбүт. Тыа сиригэр оҥорон таһаарыыны сайыннарар, онтон дохуот киллэринэргэ санаммыт бизнес-былааннаах эдэрдэри, мындыр толкуйдаах кырдьаҕастары барыларын биир сиргэ түмэн сүбэ-кэпсэтиилэри куруук ыытабыт, өйөһөбүт. — Ол иһин буолуо, ордук дьиэ кэргэнинэн дьоҕус бизнеһи сайыннарыы инники күөҥҥэ тутуллубут курдук көрдүбүт. — Кистэл буолбатах, биһиэхэ бөдөҥ промышленнай тэрилтэ суох. Аҥардас тыа хаһаайыстыбата сүрүн салаабыт буолар. Онтон сыалбыт — дьон дохуоттаах буолуохтаах диэн. Оччоҕуна эрэ дьон-сэргэ олоҕо-дьаһаҕа туруктаах буолуоҕа. Улууска дьоҕус бизнеһинэн дьарыктанар 800 киһи учуокка турар. Онон өрөспүүбүлүкэ уонна олохтоох бүддьүөт суотттарыгар предпринимательствоны сайыннарыыга 12 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Нэһилиэнньэҕэ өҥөнү оҥорууга ордук болҕомто ууруллар. Ол иһин саҥа салаалары тэрийэр эдэр предпринимателлэр бастакы ороскуоттарын сабыыга ити сууматтан көмө оҥоһуллар. Былырыын саҥа саҕалааччылары өйүүр сыалтан улууска “Бизнес-инкубатор” арыйбыппыт. Бу дьиэ иһигэр куонкуруһу ааһан, 10 резидент киирбитэ. Араас хайысха баар, үлэ миэстэтэ бөҕө таҕыста. Иистэнньэҥнэртэн саҕалаан суши оҥорон тарҕатааһыҥҥа тиийэ. Баттах кырыйыыта, хаартыска түһэриитэ. Быйыл итиннэ “Кэрэ” диэн тэрилтэ эбилиннэ. Аҥардас бу кинилэр 10 үлэ миэстэтин таһаардылар. Үлэлэрэ бастыҥнар ортолоругар киирэн, биһирэммититтэн биһиги үөрэбит. Ол курдук, сайын ыытыллыбыт “Азия оҕолоро” оонньуулар таҥастарын кинилэр тикпиттэрэ. Билигин “Дыгын” киинэ артыыстарын көстүүмнэрэ эмиэ Нам сиригэр-уотугар айыллан таһаарыллара – биһиги киэн туттуубут буолар. 2014 сыллааха «Эрэл» ТХПК иһинэн ас кэмбинээтин арыйан киллэрбиппит. Бу тэрилтэ оҥорон таһаарар эттэн-үүттэн олохтоох бородууксуйата намнар «брендэрэ» буолар диэтэхпинэ туох да омуна суох. «Эрэлбит» үүт аһын эмиэ күүскэ атыылаһаллар. Сылга 3600 т үүтү соҕотуопкалыыбыт. Итинтэн билигин 30 эрэ бырыһыана ас буолан тарҕанар. Билигин ити сыыппараны 45-кэ диэри улаатыннарар баҕалаахпыт. Ураты бизнестээх дьон эмиэ бааллар. Холобур, II Хомустаахха “Үүнэр” диэн учаастакка куһу-хааһы таһынан 80-ча барааны Николай Ширяев иитэр. Хата, ону суол турдаҕына кэлэн суруйаргыт буоллар. Уопсайынан, Нам улууһугар оҥоһуллар табаары элбэтиигэ үлэлиибит. Ордук тутуу матырыйаалын оҥорууга ылсан, улууска бу салааҕа бөдөҥ тэрилтэлэр баар буолалларыгар тосхолу тутабыт. Итиннэ билигин биирдиилээн предпринимателлэр дэлээнэ ылан, маһы таҥастыыллара, тротуар билиитэлэрин, сэндвич-панель, шлакоблок уо.д.а. оҥорууга тиийэ ылсаллара олук буолар. Дьон олоҕун тупсарыыга ыытыллар дойду үрдүнэн бэлиитикэ биһиги улууспутугар эмиэ барар. Дьон көҕүн сөпкө салайан биэрэн, бырагыраамаларга киллэрэн, өйөбүл оҥорон үлэни салайыы – билиҥҥи үлэбит сүрүн хайысхата. — Тутуу бөҕө барар, дьоҕус предпринимательство сайдар, атын да хайысхаларга үлэ ыытыллар эбит. Ол эрээри кыаллыбакка турар боппуруос да ханна барыай? — Асфальт суолбут айгыраан эрэр. Сир ирэн, хайыта баран, сылын аайы тимирэн иһэр. Маннатуспа былаан ылынан көрүүлэрбитин олоххо киллэриэхпит. Суол – хорук тымыр кэриэтэ, саамай инники күөҥҥэ тутуллар. Иккиһинэн, Нам куораттан чугас буолан атын сиртэн олохсуйа кэлии элбэх. Сылга ортотунан 360-390 киһи диэн статистика көрдөрөр. Ол аата кэҥиибит, учаастак боппуруоһа күөрэс гына түһэр. Онон билигин Хатыҥ Арыыга, Хамаҕаттаҕа элбэх оҕолоохторго сири биэриини быһаарса сатыыбыт. Оҕо төрөөһүнэ эбиллэр. Сылга 500-чэ кырачаан киһи күн сирин Эҥсиэли хочотугар көрөр. Бу олус үчүгэй. Онон оҕо тэрилтэлэрэ эбиллиэхтээхтэр. Билигин улууска 3-тэн 7-гэр диэри саастаах оҕолору дьыссаатынан хааччыйыыны 100 бырыһыан толордубут эрээри, эппитим курдук, онон уоскуйан хаалбакка, нэһилиэнньэ эбиллиитин учуоттуурбут наадалаах. Билигин да оскуолаларбыт иккилии сменанан үөрэнэллэр, бу эмиэ туоратыллыахтаах. Улуус киинигэр 600 миэстэлээх оскуола тутуллуон наада. Итиэннэ дьон сынньалаҥын тэрийиигэ кыараҕас, аныгы ирдэбилгэ олох эппиэттээбэт 1960 с. тутуу кулууппут эмиэ саҥардылларын күүтэбит. Ол курдук Култуура дыбарыаһын бырайыагын оҥотторо сылдьабыт. Бу курдук, бастатан туран дьон нус-хас олохсуйарыгар туох баар усулуобуйаны тэрийиэхтээхпит. — Нэһилиэнньэ ордук ханнык өҥөҕө наадыйарый? — Бары өҥө барыта оҥоһуллар курдук. Арай юридическай көмөнү оҥоруу күүһүрүөхтээх дии санааттан, улууспутугар Академия арыйдыбыт, онно олоҕуран Ассоциация тэрилиннэ. Үлэ саҕаланна. Салайааччытынан Николай Степанов талылынна. Биһиэхэ кураторбыт, уопсастыбаннай институттар сайдыыларын миниистирэ Сардана Михайловна Гурьева олус үчүгэйдик көмөлөһөр. Дьон ордук сир, социальнай өҥөлөрүнэн туһаныыга, биэнсийэнэн хааччыллыыга сыһыаннаах боппуруостары интэриэһиргииллэр. — Нам улууһун биир кыһалҕата — айылҕа содулугар түбэһэр улуустар ахсааннарыгар сылдьаҕыт. Сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээбэт туһугар бэлэмнэнии үлэтэ сылын аайы ыытыллар буолуохтаах. — Кырдьык, 2010 уонна 2013 с. улахан уу кэлэн ааспыта. Үөдэй олоччу, II Хомустаах, Арбын, Аппааны ууга барбыттарын бары да билэн олороҕут. Онон айылҕа содулугар оҕустарбат туһугар бэлэмнэнии үлэтэ тохтоло суох барар. 2014 с. Үөдэйгэ 2,5 км усталаах даамбаны туппуппут. 2-с Хомустаахха Сэргэлээх учаастагар көһүү саҕаланна. Онон сибээстээн тэрээһин өттүгэр 8 пууннаах дьаһал ылыллыбыта. Сэргэлээх учаастагар 40-тан тахса учаастакка уоту, ититэр ситим трассатын тартарбыппыт. Бөҕөргөтүүгэ федеральнай бырагыраамаҕа киирсэр былааннаахпыт, бырайыага оҥоһуллан, тустаах сиргэ тириэрдиллэн турар. — Уһук Илиҥҥэ гектар сири ылыы сокуона тахсан, өссө намнары«пилотнай бырайыак»буолаҕыт диэн ынньаҥалата сылдьыбыттара. Ити, биир өттүнэн, эһиэхэ табыгастаах буолан биэрбит курдук көрөбүт. — Биһиги итинэн сиэттэрэн сирбитин, докумуоннарбытын бэрээдэктээбиппит. Сыл аҥарыгар 500 тахса бааһынай хаһаайыстыбатын, тыа хаһаайыстыбатын сирин оҥоттордубут. 90-с сылларга биирдии-үстүү ганы ылан баран, докумуоннарын оҥотторботох дьон 1800 учаастагын кумааҕыга тиһэн, үлэҕэ киллэттэрдибит. Онон сокуон киириитигэр бэлэм этибит диэххэ наада. Гектар сири ылыы түһүмэхтэринэн ыытыллара ордук. Саха киһитин сиэригэр-майгытыгар сөп түбэһэр, барытын сааһылаан. Биһиги улууспутугар уопсайа 400-кэ курдук сайабылыанньа киирбитэ. Олору боломуочуйалаах уорган үлэһиттэрэ – нэһилиэк дьаһалталарын землеустроителлэрэ — үөрэтэн көрө сылдьаллар. 10-ча сайабылыанньа бигэргэтиллэн, сир ылыахтара. Сайабылыанньалары көрдөххө, үксэ Нам улууһуттан төрүттээх куоракка олорор дьон суруйбуттар. Сиртэн дохуот оҥоруута диэн сыаллаах ылыллыбыт сокуон олохтоох дьоҥҥо туһалаах буоларыгар эрэллээхпит. — Кэнники кэмҥэ Нам улууһун аата ат сүүрдүүтүгэр элбэхтик иһиллэр буолла. — Ат сүүрдүүтүгэр Сойуус саҕана үчүгэйдик кыттар этибит. Ону сөргүтээри бу 2014 с. Ат спордун федерациятын тэрийбиппит. Бэйэтэ бырабылыанньалаах. Улуустан үп-харчы көрбүппүт. Үлэ күүскэ барда. Ол түмүгэр кэнники 2 сылга ситиһиилээхтик кытынныбыт: Ил Дархан бирииһигэр, “Лээги” кубогар. Былырыын мэр кубогын ылар чиэскэ тиксибиппит. Былырыыҥҥыттан саҕалаан ат спордун өйүүр, сайыннарар туһуттан “Эҥсиэли кубога” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиини манна ыытарбытын дьон сэҥээрдэ. Саха киһитэ саамай сөбүлээн көрөр бастыҥ күрэхтэһиитин салгыы да сайыннарарга бэлэммит. — Нам Дьокуускайтан чугас сытар буолан, үлэҕэ-хамнаска барыыстааҕа чахчы. Итини таба туһанаҕыт дуо? — Кырдьык оннук. Ол эрээри хаҥаластары кытта тэҥнээтэххэ, туризм өттүгэр кинилэргэ тэҥнэһэ иликпит. Былырыын дьоҕус предпринимателлэргэ үбүнэн көмөлөһөн турабыт. II Хомустаахха “Күөх кытыл” (“Зеленый берег”) туристическай бааза тэриллэн, 1,5 км усталаах сиргэ уот тардылынна. “Ленские зори” диэҥҥэ былырыын 1,5 тыһ. киһи сылдьыбыта. Ол аата туризм өттүгэр биһиги улууспутугар интэриэс баарын туоһулуур. Модуккка «Ледовый парк» диэн бырайыак баар: муус оҥоһуктар, оонньуур сир. Хамаҕаттаҕа эмиэ биир бааза киирэн эрэр. Онно хайыһардыыр баазаны тэнитиэхтээхпит.Сирэ-уота солонно, бэлэмнэннэ. Онон, атын улуустартан холобур ылан, дойдубут патриоттарын өйөөн, бу хайысханы дохуот киллэринэр салаа курдук оҥостуохпутун, атаҕар туруоруохпутун наада. Куораттан чугас буолан манна бултууллар, сир астыыллар, сынньаналлар даҕаны. Ону барытыны бииргэ түмэн, бэрээдэктээн сайыннарар баҕалаахпыт. «Событийнай туризм, өрөбүл күн туризма» диэннэри тэрийиэхпитин баҕарабыт. Үлэ саҕаланна. Үс предприниматель манна ылыста. — Киһи доруобуйатынан диэн этии баар. Доруобуйа харыстабылыгар балаһыанньа хайдаҕый? — Статистика этэринэн, сүрэх, хаан баттааһынын, онкологиянан ыалдьыы бэлиэтэнэр. Ол эрээри доруобуйа харыстабылыгар үлэ-хамнас үчүгэй. 2014 с. поликлиника тутуллан, үлэҕэ киирбитэ. Сэдэх идэлээх быраастарынан хааччыллыыга тохтоотоххо, бу ааспыт үс сыл иһигэр 26 эмчит кэлбитэ. Быйыл 7 саҥа быраас үлэлээн эрэр. Киин балыыһаҕа кылаабынай быраас үчүгэй үлэтин түмүгэр киһи доруобуйатын туругун чинчийиигэ үлэ тубуста. Кырдьаҕастар туруорсууларынан Партизаҥҥа 10 куойкалаах паллиативнай отделение аһыллыбыта. ОМС харчытынан СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кытта бииргэ үлэлээбиппит. Манна кырдьаҕастар 20 күн эмтэнэн, доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэллэр. Онон, Нам улууһун хас биирдии олохтооҕун доруобуйата чэгиэн-чэбдик, туруктаах буоларын туһугар үлэ барар. — Александр Павлович, 2016 сылы хайдах түмүктээн эрэҕит? — 2016 сылы биир дойдулаахпыт И.Е.Винокуров төрөөбүтэ 120 сылыгар анаабыппыт. Бырабыыталыстыба дьаһала тахсыбыта. Манна улахан үлэни Юрий Степанович Куприянов ыыппыта. Улуус киинигэр Намҥа Илья Егоровичка анаммыт сквер туттубут. Маннык өйдөбүнньүк миэстэ Дьокуускайга эмиэ тэриллэригэр үлэлэһэбит. Ил Дархаммыт Егор Борисов биллэрбит Тупсарыныы сылыгар 72 эбийиэк тутулунна. Саҥа дьылга диэри эбии 88 ыалы хаарбах дьиэттэн көһөрүөхтээхпит. Олох тупсар, иннин диэки салаллан иһэр, дьон настырыанньалаах. Россия, өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана, Бырабыыталыстыбата бары хайысхаларга үп көрөн, хамсааһын таҕыста дии саныыбын. Улуус дьаһалтата ону олоххо киллэрэргэ тэрийээччи быһыытынан сылдьар. — Ылсыбыт үлэҕит үтүө ситиһиилээх буоллун. Нам олохтоохторо нус-хас олоруулара – эн таһаарыылаах үлэҥ түмүгэ буолара биллэр.